Бүгүн Тулагы Киллэмҥэ баар сылы эргиччи үлэлиир "Туймаада" экопиэрмэҕэ тиийэн, күннээҕи үлэни-хамнаһы кытта билистибит
МЕНЮ
Пресс-центр

Бүгүн Тулагы Киллэмҥэ баар сылы эргиччи үлэлиир "Туймаада" экопиэрмэҕэ тиийэн, күннээҕи үлэни-хамнаһы кытта билистибит. Быйыл отуттан тахса төрүөх кэлбит. "Былырыыҥҥы тэтиммитинэн иһэбит, кыстык этэҥҥэ ааһан, күөххэ үктэннибит" дииллэр үлэһиттэр. Хотонтон уонча хонуктааҕыта тахсыбыт ынахтары күҥҥэ иккитэ ыыллар.

Биригэдьиир Татьяна Иванова үлэһиттэрин кытта тэҥҥэ сылдьан үлэни-хамнаһы бүтэрсэр. Ыанньык ынахтар сылы эргиччи хотонноруттан ырааппаттар. Сайын чугаһынан мэччийэллэр. Күөххэ этэҥҥэ үктэммит ынахтар аны алтан от сибэкки үүнүөр диэри эбии аһылыкка тураллар. Былырыын мэччирэҥ үчүгэй буолан, дэлэй үүтү биэрбиттэр. Быйыл да былырыыҥҥы тэтими ыһыктыбаттара чахчы.

Видеорепортаж

 

Читайте также

Обратная связь

Свяжитесь с нами

+7 (4112) 35-72-65

+7 (914) 101-66-78

Задать вопрос